Саҥа дьыл… саҥа дьыл… саҥа дьыл…
Аҕыйах хонугунан саҥа 2023 сылга үктэнээри олоробут. Саҥа дьыл тэрээһинэ ыал аайы, дьиэ аайы, аймах аайы тус-туһунан үгэстээх. Биһиги бүгүҥҥү ыстатыйабытыгар үүнэр сыл туһунан, араас үгэстэр, оонньуулар, саҥа дьыллааҕы остуол киэргэтиитин сырдатыахпыт.
Кэлиҥҥи кэмҥэ илиҥҥи дойдулар халандаардарынан сиэттэринэн үүнэр сылбыт хайаан да туох эрэ кыыл сыла буолар. 2023 сыл хара дьүһүннээх уу хоруолугун сыла үүнэр. Үүнэр сыл хаһаайына кытай халандаарыгар төрдүһүнэн турар эбит уонна бу хара уу хоруолугун сыла 60 сылга биирдэ кэлэр ааһар диэн бэлиэтииллэр. Хоруолукпутун илиҥҥи дойду олохтоохторо бэрт сытыары-сымнаҕас майгылаах, үтүө санааны сөбүлүүр, дьиэ кэргэҥҥэ или-эйэни аҕалар диэн суруйаллар. Астрологтар өссө манныгы бэлиэтииллэр: бу сыл үгүс соҕотох сүрэх холбоһуо, дьиэ кэргэн тэринии үксүө диэн, оттон номнуо ыал дьоҥҥо дьиэ кэргэҥҥэ эбиллиини аҕалыа.
Хас биирдии киһи үүнэр сылтан хайаан да туох эрэ үчүгэйи, элбэх үөрүүнү, дьолу-соргуну кэтэһэр. Илиҥҥи дойдуларбыт итэҕэллэригэр эргиллэн көрдөххө, дьиэҕэ дьолу-соргуну ыҥыран-тардан ылар араас үгэстээхтэр эбит. Кытай омук итэҕэлигэр хоруолук уопсайынан киһиэхэ дьолуону (удача) аҕалар диэн итэҕэйэллэр эбит. Дьиэ иһигэр хоруолук статуэтката баарын үтүө бэлиэ курдук ылыналлар эбит. Хоруолук – баай-байылыат олох, дьол-соргу, уһун дьоллоох олох символын буолар эбит.
Хоруолук дьиэ кыыла буоларын быһыытынан быйылгы бырааһынньыгы дьиэ кэргэнинэн ылар ордук диэн астрологтар сүбэлииллэр. Саҥа дьылы киһи барыта киэргэнэн, симэнэн көрсөр. Үүнэр сыл хаһаайына хара дьүһүннээҕин быһыытынан, хара өҥ бырааһынньыктааҕы таҥаска баар буолара биһирэнэр, аныгы муода кэпсииринэн, быйылгы сылга страза, страза быалар, түү (перья) саамай сыаналанар буолбуттар. Классиканы таптыыр дьоҥҥо аныгы муода үрүҥ биитэр сиэрэй өҥү таларга сүбэлиир.
Бырааһынньыгы тэрийиигэ саамай улахан миэстэни дьиэ киэргэтиитэ ылар. Саҥа үүнэр сылы ыраастык туттан, дьиэни-уоту киэргэтэн көрсөргө астрологтар сүбэлииллэр. Уопсайынан илиҥҥи дойдуларга киэҥник тарҕаммыт фэн-шуй үөрэҕэ этэринэн, бөх-сах, ыһыллыы-тоҕуллуу баар дьиэтигэр баай-дуол, элбэх харчы да, үөрүү-көтүү, дьол-соргу да кэлэрэ уустук буолар. Быйылгы сылы көрсөргө наһаа сытыы дьүһүннэри туттубакка сүбэлииллэр эбит астрологтар, холобура кыһыл, оранжевай дьүһүннэри. Хайа да кэмҥэ бэйэ илиитинэн тутан-хабан оҥорбута ордук сыаналанар. Үүнэр сылга харыйа киэргэлин, биитэр саҥа дьыллааҕы табаны дьиэ кэргэҥҥитинэн түмсэн олорон оҥороргут бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан тэриллэригэр үтүө төрүөт буолара саарбаҕа суох. Үүнэр сыл хаһаайына тыыннаах сибэккилэринэн таҥыллыбыт композицияны наһаа биһириэҕэ диэн астрологтар да, дизайнердар да сүбэлииллэр. Онон, дьиэҕитигэр баар сибэккини киэргэттэххитинэ Хара Хоруолугу үөрдүөххүт эрэ.
Дьиэбитин-уоппутун киэргэттибит, таҥаспытын быһаардыбыт. Аны тугу астаан чугас дьоммутун күндүлүүбүт диэн ыйытыыга астрологтар тугу сүбэлииллэрин билиэхпит. Быйылгы саҥа дьыллааҕы остуолга хайаан да балык ас баар буолара ордук диэн бэлиэтииллэр эбит. Балык аһы араастаан оҥоруохха сөп, ол курдук, заливной, салаат, ыһаарыламмыт, тууһаммыт, биитэр ыыһаммыт балык. Маны таһынан Хоруолук от-мас аһылыктаах буоларын быһыытынан, оҕуруот аһын уонна күөх туманы (зелень) хото уурары этэллэр. Сылаас аска духовкаҕа буспут куурусса биитэр сибиинньэ этэ ордук буолуо диэн сүбэлииллэр.
Хоруолук туһунан маннык чахчылар баалларын Интернет ситимиттэн булан ыллыбыт:
1. Хоруолугы дьиэ кыылын быһыытынан ылынабыт. Барахсан төһө да элбэх адьырҕа кыылга минньигэс мэҥиэ, ас буолбутун да иннигэр айылҕаҕа, тыаҕа босхо ыыттахха онно даҕаны үөрэнэн олохсуйар эбит.
2. Хоруолук 150 араас дьүһүннээх буолар эбит.
3. Хоруолук биир сөкүүндэҕэ иккитэ ыстыыр диэн үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Маны таһынан кини хас эмэ чааһы быһа тохтоло суох ыстыан сөп эбит.
4. Хоруолук сүүрдэҕинэ түргэнэ биир чааска 56 килэмиэтири сүүрэргэ тэҥнээх скороһы сайыннарар эбит.
5. Хоруолук сорох көрүҥнэрэ маска бэркэ ытталлар диэн үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр.
6. Хоруолуктар куобахтан саамай сүрүн уратылара диэн кинилэр үөрдүһэн олороллоро буолар.
Гороскобунан бу үүнэр сыл туох күүтэр эбитий?
Овен бэлиэлээхтэргэ үүнэр Хоруолук сыла олус үчүгэйдик ааһыа диэн астрологтар этэллэр, онон үүнэр сылы көрсө туран хорсуннук саҥа бырайыактары толкуйдаан кинилэр олоххо киирэллэрин туһугар баҕа санаалары этиэххэ сөп. Ааспыт 2 сыл устата дьаныардаахтык үлэлээбит овеннар үлэҕитигэр улахан ситиһиилээх дьыл буолуон сөп.
Телец бэлиэлээхтэргэ үүнэр 2023 сыл улахан уларыйыылары аҕалыа диэн астрологтар этэллэр эбит. Ол уларыйыыга-тэлэрийиигэ барытыгар тэҥҥэ хардыылаһан, сорох кырыылаах өрүттэрин бэйэ туһатыгар эргитэн биэрдэххитинэ бу үүнэр 2023 сыл эһиэхэ олус таһаарыылаах уонна кэккэ ситиһиилэрдээх буолуо дииллэр.
Близнецы бу сылга ылсыбыт саҥа саҕалааһыннара элбэх сыра кэннэ олоххо киириэхтэрин сөп диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Ааспыт сыллардааҕы дьаныардаах үлэлэрэ үтүө түмүктээх буолуоҕа, олус улахан ситиһии кэлиэн сөп диэн этэллэр. Бу сылга игирэлэр доруобуйаларын кэтэнэ-көрүнэ сылдьаллара эрэйиллэр.
Рак 2023 сылга кэккэ ситиһиилэрдээх буолуон сөп. Ити эрээри, саҥа билсэр дьонун кытта сонун бырайыактары үчүгэйдик үөрэтэн көрөн эрэ баран ылсыан наада. Үүнэр сылга рак бэлиэлээхтэргэ доруобуйаларын көрүнэллэригэр астрологтар сүбэлииллэр.
Лев бэлиэлээхтэргэ үүнэр Хоруолук сыла элбэх мүччүргэннээх сырыылары, мэһэйдэри бэлэмнээбит диэн астрологтар бэлиэтииллэр. Хахайдар хайдахтаах да балаһыанньаҕа киирдэхтэринэ бэйэлэрин ис кыахтарын толору туһанан, сытыы өйдөрүнэн, тобуллаҕас толкуйдарынан кынаттанан кыайыылаах тахсыахтара диэн эбэн бэлиэтииллэр.
Дева бэлиэлээхтэр 2023 сылга олох бары хайысхаларыгар барыта уу-нуурал, холку сыл буолуо диэн этэллэр. Доруобуйаҕытыгар болҕомто уураргыт эрэйиллэрин, үбү-харчыны былааннаан туттары анал үөрэхтээхтэр этэллэр. Хоруолук сыла соҕотох сылдьар аналларын көрсө илик Кыыс бэлиэлээхтэргэ ыал буолууну, чугас доҕордонууну сабаҕалыыллар.
Весы бэлиэлээхтэргэ үүнэр сыл элбэх сыраны эрэйэр, элбэх үлэни ирдиир сыл кэлэн иһэр диэн астрологтар этэллэр. Элбэх үлэ-сыра биллэн турар үтүө түмүктээх буолара саарбаҕа суох. Ол эрээри, ситиһии түргэнник кэлиэ диэн холкутуйбаккытыгар сүбэлииллэр.
Скорпионнарга үүнэр сыл элбэх үтүө түгэннэри бэлэхтиэ диэн эрэннэрэллэр. Ити эрээри, олох уйгута-быйаҥа элбэх үлэттэн, сыраттан кэлиэ диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Уһун сылларга хал буолан хаалбыт үлэҕитин уларытарга тоҕоостоох сыл кэлбит, онон үлэтин сирин уларытыан баҕара сылдьар скорпионнар, кытаатыҥ.
Стрелец бэлиэлээхтэргэ үүнэн иһэр сыл элбэх тургутууну бэлэмнээбит. Бу тургутуулары этэҥҥэ аастаххытына олох уйгута арыллан, олоххут оннугар түһэн барыахтаах. Үлэҕэ, карьераҕа улаатыы, үүнүү күүтэр. Доруобуйа туругун куруук көрүнэн, кэтэнэ сылдьыахха наада диэн анал үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр.
Козерог бэлиэлээхтэргэ Хоруолук сыла элбэх соһуччу үөрүүлээх бэлэхтэри бэлэмнээбит. Бу бэлэхтэри ылар туһугар сорунуулаах уонна түгэнтэн көрөн түргэн быһаарыныылары ыларгыт наадалааҕын бэлиэтииллэр. Үп-харчы өттүгэр кырыымчыктаныы баар буолуон сөп.
Водолей бэлиэлээхтэр бу сылга олоххо көрүүлэргит тосту уларыйыахтарын сөп диэн үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Олоххо орто сүрүнү булууну (баланс): үлэни-үөрэҕи, дьиэ кэргэни, тус олоҕу барытын тэҥҥэ дьүөрэлииргэ көрүүлэргитин тосту уларытар сыл үүммүт.
Рыбы бэлиэлээхтэр 2023 сылга дьэ ат уорҕаһыгар олорон олохтон үтүөнү эрэ көрсөр, үрдүк көрдөрүүлээх сыллара үүнэр. Доруобуйа туһугар санаарҕыыр төрүөт суох диэн астрологтар этэллэр, маны таһынан саҕалаабыт, ылсыбыт үлэлэр бары табыллан иһиэхтэрэ диэн билгэлииллэр.
Илиҥҥи дойдулар халандаардарын сирдэтинэн астрологтар тугу сүбэлииллэрин аахтыбыт. Онтон биһиги бэйэбит итэҕэлбитигэр эргийэн көрдөхпүтүнэ хайдах эбитий? 2023 сыл Дьөһөгөй Айыы сыла буолар эбит. Дьөһөгөй үһүс халлааҥҥа олорор. Кини Үрүҥ Айыы Тойон уола буолар. Былыр-былыргыттан Дьөһөгөй – саха киһитин үҥэр таҥарата, миинэр миҥэтэ, көлүнэр көлөтө, олоҕун аргыһа, уохтаах кымыһа буолар. Ол да иһин олоҥхоҕо, сэһэҥҥэ саха сылгытын өйө-санаата, күүһэ-күдэҕэ ордук чорботуллан кэпсэнэр. Дьөһөгөй Айыы дьону, сылгылары араҥаччылыыр аналлаах, ону таһынан сылгы кутун уонна күүстээх санаалаах эр дьон кутун биэрэр. Сылгы тулуурдаах уонна олус өйдөөх кыыл. Биһиги сахалар тыйыс тымныы дойдубутугар үрүҥ тыыммыт өллөйө, хара тыыммыт хараһыга буолар айыы кыылын быһыытынан ылынабыт уонна кини аатыгар сүгүрүйэбит. Былыр былыргыттан сылгы иитиитинэн дьарыгырбыт саха дьоно Дьɵhɵгɵйтɵн тɵрүттээх айыы оҕотун — сылгыны атын дьиэ сүɵhүтүттэн ойуччу туталлара, кинини ытыктыыллара, киниэхэ сүгүрүйэллэрэ.
Сылгы культа сахаларга ураты суолталааҕын чинчийээччилэр бигэргэтэллэр. Саха мифологиятыгар таҥара бастаан аты айбыт. Аттан киhиэхэ маарынныыр туох эрэ харамай түспүт. Улуутуйар Улуу Тойон орто дойдуга үс саханы үɵскэтээри маҥан биэни түhэрбит. Онтон саха үɵскээбит.
Саха бу дойдуга кɵhүүтүн эмиэ үрүҥ аты сирдээн аҕалбыта диэн историческай үhүйээҥҥэ кэпсэнэр. Эллэй Боотур Ленаны таҥнары устан истэҕинэ, үрүҥ ат күлүгэ уу аннынан сирдьит буолан испитэ үhү.
Саха олоҥхотугар ааттаах ат Айыы бухатыырын миинэр миҥэтэ, кɵтɵр кыната, эрэллээх доҕоро, үтүɵ сүбэhитэ. Бухатыыр аатын кытта куруутун ата холбуу ааттанара: Үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан бухатыыр, кыргыhыыга миинэр Кыhыл буулур аттаах Кыыс Ньургун бухатыыр.
Олонхоҕо бухатыыр ата биир сүрүн образ, бухатыыры кытта тэҥҥэ ойууланан хоhуйуллар. Бухатыырдар аан маҥнай үɵhээ Дьылҕа тойонтон аналлаах ааттаах-суоллаах миҥэ аты ылаллар.
Саха киhитин олоҕор-дьаhаҕар сылгы былыр-былыргыттан тыын суолталааҕа. Ол курдук саха норуотун былыргы итэҕэлэ, араас бырааhынньыктара, туомнара эмиэ сылгы иитиитин кытта быстыспат ситимнээхтэр, киниэхэ олоҕуран сайдаллар. Самаан сайын салаллан кэлиитин, киhи — сүɵhү, кɵтɵр — сүүрэр тɵрүүр — ууhуур, үүнээйи чэчириир кэмин уруйдуур — айхаллыыр саха улуу бырааhынньыга — ыhыах эмиэ сылгы иитиитин культуратыгар олоҕуран тэриллэр, уруйданар.
Сахалар киһиэхэ үтүө санааларын тиэрдэллэригэр ат уорҕатыгар сырыт диэн алгыыллар, үтүө санааларын тиэрдэллэрэ. Онон, үүнэр сылга бука бары ат уорҕатыгар буолан туппуппут, саҕалаабыппыт барыта тупса, туругура, табылла турдун диэн туран үүнэн иһэр Дьөһөгөй Айыы сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!