Уолба нэһилиэгэ культура эйгэтигэр элбэх биллэр-көстөр дьону үүннэрэн таһаарбыт өҥ буордаах сиринэн биллэр. Быйыл 2023 сылга нэһилиэкпитигэр бастакы ааҕар балаҕан уонна культура дьиэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах “Түмсүүнэн сайдыыга, үлэнэн үрдэлгэ” тэрилтэлэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельность көрүү-фестиваль өрө көтөҕүллүүлээхтик тэриллэн ыытылла турар. Бэҕэһээ, муус устар 18 күнүгэр В. И. Ленин аатынан орто оскуола коллективын, итиэннэ уһуйаан, “Баай-Ас” производственнай кооператив, “Уолба” ТХПК, олохтоох дьаһалта хомуур коллективтарын концерын көрдүбүт. Фестиваль концера 10 номертан турар – Саха сиригэр биллэриллибит Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан, кини суруйбут “Хомус” хоһооно 125 сылыгар анаан А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” хоһоонуну бөлөҕүнэн толоруу, мелодист И. Слепцов ырыаларыттан соло, көҥүл темаҕа үҥкүү, дуэт, чабырҕах, сахаттан бастакы дьахтар суруйааччы А. Д. Неустроева төрөөбүтэ 120 сылынан уонна биһиги Уолбабыт алааһыгар үөскээн тахсыбыт “Тиргэһиттэр” кэпсээн суруллубута 85 сылыгар анаан бу кэпсээнтэн быһа тардан инсценировка, Таатта мелодистарын репертуардарыттан ансамбль, сценка, хор уонна оһуохай курдук номердар киирдилэр.
Бу күҥҥэ нэһилиэкпит олоҕугар биир бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук олохтоох ааптардар – Марат Егорович Юнчанов тылларыгар, Зоя Афанасьевна Егорова матыыбыгар — “Уруйдан Уолбабыт барахсан” ырыа нэһилиэк гимнин быһыытынан сүрэхтэннэ. Марат Егорович үйэтин тухары Уолба сайдыытыгар үлэлээбит ытык киһибит, үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕо буолар. Кини хас да хоһооно ырыа буолан ылланар, хоһооннорун хомуурунньуга 2013 уонна 2017 сыллардаахха бэчээттэммиттэрэ. Зоя Афанасьевна үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн нэһилиэкпит үүнэр кэнчээри ыччатын үөрэхтээһиҥҥэ үгүс сыратын биэрбит бэтэрээн учууталбыт буолар. Кини ырыаны олоҕун устата аргыс оҥостубут, олохтоох мелодиспыт, нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕо. Ырыалара киэҥ эйгэҕэ – нэһилиэк өрөгөйүн ырыатын быһыытынан сүрэхтэниитинэн Уолба нэһилиэгэ МТ баһылыга Винокуров А.А. эҕэрдэ суругу уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри ааптардарга туттарда. Сарсын, муус устар 20 күнүгэр И. Слепцов аатынан НАК, ФАП, ветеринарнай участок, ОДьКХ, почта уонна Макар Хара аатынан олохтоох библиотека хомуур коллективын уонна ветераннар туруорбут концертарын көрүөхпүт.
Бу курдук, өрө көтөҕүллэн, нэһилиэкпитигэр 100 сыллаах культура историятын кэрдиис кэмин бэлиэтиибит.