Я памятник себе воздвиг нерукотворный,
К нему не зарастёт народная тропа,
Вознёсся выше он главою непокорной
Александрийского столпа
Нет, весь я не умру — душа в заветной лире
Мой прах переживёт и тлeнья убежит —
И славен буду я, доколь в подлунном мире
Жив будет хоть один пиит.
Слух обо мне пройдёт по всей Руси великой,
И назовёт меня всяк сущий в ней язык,
И гордый внук славян, и финн, и ныне дикий
Тунгус, и друг степей калмык.
И долго буду тем любезен я народу,
Что чувства добрые я лирой пробуждал,
Что в мой жестокий век восславил я свободу
И милость к падшим призывал.
Веленью бoжию, о муза, будь послушна,
Обиды не страшась, не требуя венца;
Хвалу и клевету приeмли равнодушно
И не оспаривай глупца.
А. С. Пушкин
*********
МЭҤЭ ТААС
Мэҥэ тыл күүһүнэн мэҥэ таас туруордум,
Бар дьонум сүрэҕэр өлбөппүн түстэнним.
Көҥүлбүн тургуппут мин моонньоох баспынан
Күн судаар мэҥэтин куоһара үрдээтим.
Сиик буолан хайдах да мин бүттүүн сүппэппин
Ордуоҕа илбиһим суох буолтум да иһин —
Мин албан ааппынан иччилиэм күн сирин
Саатар биир ырыаһыт хаалыаҕар диэритин.
Улуу Русь үрдүнэн сураҕым тарҕаныа,
Хас да сүүс тылынан мин аатым ахтыллыа,
Славян сиэниттэн саҕалаан көс тоҥус,
Финн, калмык тылыгар кытары дуорайыа.
Бар дьонум өссө өр махталлаах буолуоҕа
Үтүөҕэ үөрэппит мин айар соргубар,
Көҥүлү уруйдаан бу дьулаан үйэҕэ
Самныбыт санаатын көтөхпүт дьоҕурбар.
Дьылҕа хаан ыйааҕын, оо, иэйиим, истиэххэ,
Өһүөнтэн куоппакка, айхалы күүппэккэ,
Хайҕалы, хобу да санааҕа туппакка,
Ааргыны кытары мөккүһэ барбакка.
Наталья Михалева — Сайа тылбааһа