1924-26 сс. Дьокуускайга Уолбаттан, Тааттаттан устудьуоннар: 2 эрээт:1-Сысолятина А. Ф., 3-Неустроев И. С., 5-Баланов А. Д., 6-Винокуров Д. М., 3 эрээт:1-Андросова, 3-Неустроев И. В., 6-Мосоркин Д., 4 эрээт:3-Неустроев В. С.
(Олохтоох оскуола музейын архыыбыттан)
Улууска бастакы комсомольскай ячейканы тэрийии, онно үөрэнэр бастыҥ ыччаты тардыы үлэтэ гражданскай сэрии уотун-күөһүн ортотугар барбыта. Ити үлэни Байаҕантай улууһугар Михаил Кустуров, Семен Кочкин ыыппыттара. Үөһээҥҥи кылаас оҕолорун төрөппүттэрин кытта биирдиилээн кэпсэтиини Семен Мефодьевич бэйэтэ тэрийбитэ. 1921 сыллаах кулун тутарга Байаҕантай улууһун комсомолун ячейката тэриллэр. Комсомолга оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар: Неустроев И.С. (партия Якутскай куораттааҕы комитетын секретарынан үлэлии олорон 1924 с. өлбүтэ), Винокуров П. И. (Артемьев бандатын кытта сэриилэһиигэ, 1925 сыл саас Маралаахха бандьыыттар буулдьаларыттан геройдуу охтубута), Сысолятина Агафия Феоктистовна (Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала), Белолюбскай А. С. (учуутал), Винокуров Д. М. (советскай партийнай үлэһит), Андросов С. А. (үрдүк үөрэхтээх, Саха гос.пединститутун естественнай факультетын декана), Андросов Н. Н. уонна Слепцов К. Н. – бары батараак оҕолоро комсомолга киирэллэр.
С. М. Кочкин смалайбыт Дьөҥкүүдэй комсомоллара Саха сирин комсомолецтарын кытта бииргэ, араас омуктар чулуу уолаттарыныын, кыргыттарыныын хардарыта өйөнсүһэн, Советскай былааһы Саха сиригэр олохтооһун уонна бөҕөргөтүү сылларыгар, гражданскай сэрии үөһүгэр, дойду алдьаммыт-кээһэммит хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ, индустиялааһын уонна холбоһуктааһын сылларыгар, кулааҕы кылаас быһыытынан эһиигэ, культурнай тутууну олохтооһуҥҥа дьоһуннаах холобурдары көрдөрбүттэрэ, бэйэни харыстаммат күүрээннээх үлэнэн мэлдьи инники күөҥҥэ буолбуттара.
1921-1923 сс. суостаах-суодаллаах дьыллар этилэр. Бандьыыттар Таатта Чычымаҕар дугуйданан олороннор, ревкомовецтары, кыһыл байыастары, комсомоллары барыта 40-н тахса киһини өлөрбүттэрэ. Өлөрүү, кыыллыы быһыыланыы 1921 сыл бүтүүтэ уонна 1922 сыл саҥатыгар буолбута. Итинтэн С.М. Кочкин улаханнык дьиксиммитэ. Ол иһин 1921 сыл кулун тутарга тэриллибит комсомол ячейкатын дьыалатын итиэннэ комсомолецтар испииһэктэрин, сэрэхэдийэн, 1921 сыл күһүөрү кыһыныгар оскуола оһоҕор уоттаан кэбиспит эбит. Онон Байаҕантай улууһун комсомолун ячейкатын бастакы тэрилтэтин туһунан докумуон архыыптан даҕаны көстүбэтэҕэ.
1922 с. тохсунньуга бандьыыттар ревкомовец В. Г. Андросовы Тандаттан тутан Байаҕантай Томторугар аҕалан хаайбыттара, онтон Уолбаҕа киллэрэн ытан өлөрбүттэрэ. Чурапчыга буолбут уон улуус дьадаҥыларын конференциятын кыттыылааҕа Ф. Т. Андросовы Чычымахха киллэрэн ыппыттара. Ити барыта бассабыык санаалаах эдэр Кочкиҥҥа охсуулаах буолбута. С. М. Кочкиҥҥа тутуллар куттал суоһаабыта.
Ити туһунан Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, орденнаах коммунист А. В. Хоноехова ахтыыта туоһулуур: “Гражданскай сэрии алдьархайдаах күннэрэ… 1922 сыл олунньута быһыылааҕа… Семен Мефодьевич биһигини үөрэтэ турдаҕына, саалаах хас да киһи кылаастан тутан, олоро дьиэтигэр аһаппакка, оскуолаҕа кэлбит таҥаһынан, бокуойа суох сыарҕалаах акка олордон көтүтэ турбуттара… кэлин дьиэбитигэр дьоммутуттан истибиппит бандьыыттар Чычымахха өлөрө илдьэ барбыттар. Сүрдээхтик куттаммыппыт. Балачча бириэмэҕэ үөрэммэккэ олорбуппут. Олохтоох нэһилиэнньэ айманыыта улахан этэ. Дьоммут аны комсомол оҕолору илдьэн өлөртүөхтэрэ дэһиспиттэрэ. Бандьыыттар оннук этилэр. Ол сылдьан лааппы үбүн-аһын, малын, барыта уонтан тахса тыһынча солкуобайдааҕы халаан барбыттара”.
Ханнык эрэ үрүҥ диэки санаалаах киһи: «Кочкин оҕолору булкуйда, комсомол оҥортоото, бассабыык диэки санаалаах»,- диэн тыллаабытын туһунан кэпсээн тарҕаммыта. Бандьыыттар Кочкин олорор хоһун, оскуоланы бүтүннүүтүн ньэҥдьийэн түөрэ сүргэйбиттэрэ. Комсомоллар испииһэктэрин көрдөөн бараннар булбатахтар. Ый тухары, бастаан тугу даҕаны быһааран истибэтэхпит. Учууталбыт наһаа дьүдьэйбит, хаайыыга сытар, дэлби кырбаабыттар, өлөрөллөрө буолуо диэбиттэрэ. Өссө эбии куттанан, аһыйан, аймалҕан элбээбитэ. Арааһа, икки ый буолла быһыылаах этэ. Уолба учаастагын уонна Мэҥэ-Алдан нэһилиэгин дьонун-сэргэтин көрдөһүүтүн илдьэ ити нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрэ Чычымахха киирэллэр. Биллэр убаастабылга сылдьар дьон мэктиэлээһиннэринэн С.М. Кочкины хаайыыттан нэһиилэ босхолууллар. Аҕыйах хоноот, алын кылааска үөрэтэр Николай Прядезников учууталы эмиэ тутан, аны куорат диэки илдьэллэр.
«1925 сыл муус устар ыйга Уолба комсомолецтара Чурапчыга Соморсун арыыта диэн сиргэ Артемьев баандатын кытта сэриилэһэллэр. Бу сэриигэ Проня Винокуров хомурҕанын тосту ыттаран улаханнык бааһырар. Бинтиэпкэтин дүлүҥҥэ ууран олорон кыа хаанынан сууммут Проня бандьыыттары утары харса суох ытыалаһар. Өстөөхтөр саба сырсан кэлэллэр. Проня ытарын кубулуппат. Дьонноро кинини кыайан быыһыыр бокуойа суох атын сиргэ халбарыйаллар. Иккис буулдьа төбөҕө түһэр. Сырдык тыына быстан эрэр киһини өстөөхтөр ыстыыгынан үөлэн өлөрөллөр» (ССКП Саха уобаластааҕы Комитетын партийнай архива. 17ф;1оп.194дь; 34л).
Кыайыы кэнниттэн комсомолецтар дойдуларыгар төннөр буолбуттара. Таптыыр учууталлара С.М. Кочкин кинилэри Чөркөөххө тоһуйан көрсүбүтэ. Үөрэнээччи комсомоллар салгыы үөрэммиттэрэ. Оскуоланы бүтэрэн үрдүк үөрэххэ барыы соруга турбута. Учууталлара Семён Мефодьевич эмиэ үөрэнэр баҕалааҕа.
1925 сыл сааскыттан ылата Саха сирин Үөрэҕин народнай комиссариатыгар С.М. Кочкин туруорсан, үрдүк уонна орто үөрэх заведениеларыгар сэриигэ сылдьыбыт, дружинаҕа турбут комсомол үөрэнээччилэр үөрэнэ барар буолбуттара. Кочкин бэйэтэ Н.К. Крупская аатынан Москватааҕы Коммунистическай иитии академиятыгар үөрэнэргэ көрдөспүтэ. Ити сыл сайыныгар, көрдөһүүлэрэ сөбүлэнэн, оҕолорун илдьэ үөрэнэ барбыттара. Кинини кытта Семен Андросов, Василий Гагарин, Семен Герасимов, Агафья Сысолятина, Иннокентий Неустроев, Иван Баланов, Иван Егоров, Кузьма Слепцов, Данил уонна Николай Нутчиннар барсыбыттара. Кинилэр Ленинградка, Москваҕа, Иркутскайга үрдүк уонна орто үөрэх заведениеларыгар киирбиттэрэ, сорохторо Якутскайга үөрэнэ хаалбыттара.