«Уолба Пушкины ааҕар» бырайыак саҕаланна

«Пушкин был поистине солнцем русской поэзии, распространившим свои лучи на громадное расстояние и вызвавшим к жизни бесконечное количество больших и малых спутников». (Константин Бальмонт).

Иһэр 2024 сылга нуучча улуу поэта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын бэлиэтиэхпит.
Бу бэлиэ сылы көрсө нэһилиэкпит иһигэр «Уолба Пушкины ааҕар» бырайыакпыт 2023 сыл ахсынньы 4 күнүттэн үлэлээн саҕалыырын иһитиннэрэбит. Ахсынньыттан саҕалаан муус устарга диэри улуу суруйааччы айымньыларын кытта билсиһиэхпит, араас күрэхтэһиилэргэ кыттыахпыт.

Нэһилиэкпит историята кэпсииринэн, 1927 сыллаахха оскуола коллектива тэрийиитинэн өрө көтөҕүллүүлээх, элбэх кыттааччылаах улахан тэрээһин ыытыллыбыта биллэр. Ол туһунан республика салалтата үрдүктүк сыаналаан хаһыакка элбэхтик суруйбутун билигин киэн тутта ахтабыт. Бырайыакпыт бары тэрээһиннэригэр бары көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.

Олохтоох библиотекатыгар баар А. С. Пушкин кинигэлэрин бу сигэнэн киирэн билсиҥ, уларсан ааҕыҥ:

выставка А. С. Пушкин

«… у каждого из нас — свой Пушкин, остающийся одним для всех. Он входит в нашу жизнь в самом начале и уже не покидает ее до конца…» (А. Т. Твардовский).

Улуу суруйааччы хоһооннорун «Дьэҥкир Алып» общественнай түмсүү ааҕарын бу сигэнэн киирэн көр:

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *