Ахтан, санаан ааһыаҕыҥ…
Ахсынньы ый 8 күнүгэр маннык ааттаах дьоро киэһэ биһиги кырдьаҕас нэһилиэкпитигэр үгүс киһини кулууп дьиэтигэр муста. 1923 сыллаахха арыллыбыт бастакы ааҕар балаҕан, ол иһигэр культура дьиэтэ тэриллэн бастаан үлэтин саҕалаабыт кэмиттэн номнуо 100 сыл ааһа охсон, араас кэмҥэ үлэлээн, айан-тутан ааспыт ытык дьоммут бу бэлиэ күн ыраахтан-чугастан муһуннулар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар мааны астаах сандалы тула олорон ааспыт кэми истиҥник аҕыннылар, инники үлэҕэ баҕа санааларын эттилэр.
Библиотека билиҥҥи үлэтин-хамнаһын туһунан сырдатыыны салгыы бу сигэнэн киирэн көр: