«Мы о войне стихами говорим» бүтүн Россиятааҕы акцияҕа көхтөөхтүк кыттыҥ!

Бу күннэргэ дойдубут үрдүнэн ыытылла турар «Мы о войне стихами говорим» акцияҕа биир дойдулаахпыт буойун-поэт, суруналыыс, тылбаасчыт Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара хоһооннорун ааҕан кыттыыны ылыҥ диэн ыҥырабыт.

 

*Кыталык*

 

Кыраман ыраах дойдуттан

Кылбаҥ маҥан кыталык

Кыырай халлаан кырсынан

Кырыйа көтөн кэлбитэ.

Кыргыс хааннаах хонуутун

Кытыытынан эргийэн,

Кыҥкыр-лыҥкыр саҥаран

Кылбалдьыйа көппүтэ.

Өлгөм үрүҥ илгэнэн

Үллэ турар үрэхтээх,

Аҕырбатах арыынан

Алла турар алардаах,

Иитиллибит, үөскээбит

Эҥсилгэннээх Элиэнэм

Эҕэрдэтин эппитэ

Эриэккэһэ эбитин.

Кыһыл көмүс кумахтаах,

Кырыы үрдүк хайаттан,

Дьоллоох үтүө олохтоох

Туруу бараан дойдуттан,

Арҕаа алгыы атаарбыт

Аймах дьонум айхалын

Кэһиэҕирбэт куолаһа

Кэпсээбитэ кэрэтин.

Кылбаҥ маҥан кыталык,

Кыргыһыылаах кытылтан

Алаас, алаас аайытын

Айхалбытын тиэрдээри

Эҕэрдэлии элиэтээн

Илин кэлэн ааспытын,

Окуопаҕа сытаммын

Одуулаһа хаалбытым.

 

1944 с., бэс ыйа.

 

*Удьуор сааһыттар этибит*

 

Муустаах хаар дойдутун дьонобут,

Походка сылдьаммыт

Силбик, тыал түүн сиргэ хонобут

Синиэли саптаммыт.

Сибиир киэҥ киэлитин уҥуордаан

Сир ахсын биллибит

Сахалар утумнаан-удьуордаан

Сааһыттар этибит.

Бэргэнник, эрэллик ытарбыт:

Биэрэстэ да сиртэн

Элэҥниир сыаллары табарбыт

Илиибит үрдүттэн.

Уон ордук туһалыа кыайыыга

Ол удьуор идэбит.

Хайдахтаах да саанан ытыыга

Хаалсыбат инибит.

Буурҕалаах-силлиэлээх долгуҥҥа

Мускуллан үөрэммит,

Байыастар бүгүн да фроҥҥа

Барарга бэлэммит!

 

1941 сыл, сэтинньи.

 

 

*Быраһаай, Элиэнэ эбэккэм*

 

Быраһаай, эбэккэм,

Быыппастар долгуннуун,

Алгыы хаал, эбэккэм,

Ача күөх оккунуун,

Сүүрүктээх киэҥ үөскэр

Сөтүөлүүр кустардыын,

Дьэрэкээн биэрэккэр

Чэлгийэр мастардыын.

Ходуһа хочоҕун,

Куугунуур дьалхааҥҥын,

Кумахтаах хомоҕун,

Кустуктаах халлааҥҥын

Таптыыра сүрэҕим

Тапталы билиэхтэн,

Айылҕам симэҕин

Аан маҥнай көрүөхтэн.

Тапталбын ылбытыҥ

Дьапталҕа тааскыныын,

Чэҥирбит кырыскын

Тириэрбит сааскыныын,

Былыргы бухатыыр

Быыра ох саатыныын,

Өстөөҕү самнартыыр

Өбүгэм аатыныын.

Уруйдаан эрэрдии

Оһуоруҥ мичиҥниир,

Эрэлгин этэрдии

Иннибэр күөгэҥниир

Нуоҕайар талахтар

Тоҥхоҥнуу турдулар,

Тыаларгар, аларгар

Чыычаахтар туойдулар.

Күндүгүн, эбэккэм,

Күөх долгун тыаһыныын,

Алгыы хаал, эбэккэм,

Алааһым кыыһыныын.

Нохтолоох сүрэхпэр

Дьол тыынын кутаҕын,

Эргийэн кэлэрбэр

Эрэнэ устаҕын.

 

1941 с, атырдьах ыйа.

 

 

*Доҕорбор*

 

Санаттын бу ырыа ол кэми,

Сайыҥҥы нуурал түүн чуумпутун.

Чуумпуну аймаабыт этиҥи

«Тугуй?» диэн, эн миигин кууспутуҥ.

Ол онтон унаар күөх айылҕам

Уйгууран, уһуктан кэлбитэ.

Долгуйан, абаран-сатаран,

Туох буолтун сүрэхпит билбитэ.

Ыстыыкка бөрүөбүн солбуйан,

Ыраатар, мин барар буолбутум.

Санньыйан, доҕорум, долгуйан,

Санныбар тайанан турбутуҥ.

Эрэллик эн көрөн бараҥҥын,

Истиҥ дьиҥ санаабын билбитиҥ.

Илиибин ыгатык тутаҥҥын

Эн онно бу курдук эппитиҥ.

-Санаама, фроҥҥа барарбар

Санааргыы, саарбахтыы хаалар диэн.

Эрэнэ хаалабын эн тускар,

Этэҥҥэ, кыайыынан эргиллиэҥ!…

Кытыастар уотунан кырбаһар

Кыргыһыы суолугар аргыһым, —

Күндүтүк, кэрэтик санаһар,

Көмүһүөм, ол үтүө алгыһыҥ!

 

1941 с., балаҕан ыйа.

 

 

*Күннэр-дьыллар саппаттар*

 

Пушка дарбаан тыастара

Дөйүттүлэр кулгаахпын…

Эмиэ, таптал уоттара

Санаттылар алааспын.

Ахтан, күүтэн эрдэҕэ

Таптыыр уолун, мин ийэм,

Ото-маһа ситтэҕэ

Сүүрбүт-көппүт үрүйэм.

Санаабыттан арахпат

Кыра оҕо саастарым,

Күөлгэ тамныы бырахпыт

Кырыы хара таастарым:

Дьоллонорбор дьулуспут

Ийэбинээн күөх сайын

Бурдук быспыт, от муспут

Тыымпы күөллээх Чыычайым.

Күндү буолар да этэ

Сайылыгым күөх ньуура,

Көрү-нары тэнитэн

Оҕо-уруу оонньуура,

Чэчир ойуур аттыгар

Киэһэ аайы мустарбыт,

Алтан оттоох кырсыгар

Кылыйсарбыт, тустарбыт.

Умнуллубат киэҥ Уолбам

Унаарыйар алааһа,

Иитиллибит оскуолам

Сырдык кэрэ кылааһа

Ыҥырыытын истэммин

Охсуһууга күүрэбин,

Бүтэрбитим манна мин

Сэттэ сыллаах үөрэхпин.

Күүтэр этим мин тустаан

Байаҕантай кыыстарын,

Манна билтим аан бастаан

Таптал уоттаах кыымнарын.

Кини ону билбэтэх…

Кэмсинэбин билигин,

Ону тута эппэтэх

Оҕо сааһым килбигин.

Онтон ыла уон төгүл

Кырыа хаарым түспүтэ…

Сылын аайы дьол, көҥүл

Туругуран испитэ.

Дьолу, чиэһи, сырдыгы

Тугун билбит ыччаттар,

Оҕо сааспыт ыллыгын

Күннэр-дьыллар саппаттар.

Ити иһин оҕо саас

Дьолун, чиэһин хоһуйдум.

Таптыыр ийэм киэҥ алаас

Дьолун симии тоһуйдун,

Оҕо сааспын аһарбыт

Сайылыкпар тиийиэҕим,

Дьэҥкир маһа саһарбыт

Дьиэбэр үөрэ киириэҕим.

 

Н-скай чаас, 1942с., балаҕан ыйын 13 күнэ.

 

 

*Доҕорум суруга*

 

Бу, буорах сытынан аҥкыйар суругар

Санаабар, көрөбүн Н. куорат тастарын,

Бу, сэрии уотунан кытыастар тылыгар

Санаабар, истэбин тэргэннэр тыастарын.

Суругун ааҕартан субу баар санаабар

Киэҥ айан суолугар киирээри турбута…

Охсуһуу уотугар, кыргыһыы кыыдамар

Дьолбутун көмүскүү доҕорум барбыта.

Киэһэлик ол этэ. Кинини атааран

Аламай маҥан күн алгыһын биэрбиппит.

-Бурдугу үүннэрэн, тимири уһааран,

Көмөнү ыытыахпыт күн ахсын!-диэбиппит.

Билбэппин. Билбэппин билигин ханнатын.

Сэгэрим ханнатын силлиэлэр эппэттэр.

Арай мин билэбин: дьулайан турбатын,

Куттанар диэн тугун хоодуоттар билбэттэр.

Хоодуот диэн ааттаммыт хотугу сир уола,

Хотугу сир уола, комсомол туйгуна.

Доҕорум суругар долгутар хас тыла-

Сүрэҕин төлөнө, санаатын модуна.

Бэргэһэ тигэбин, үтүлүк өрөбүн,

Доҕорбор тиийиэҕэ, доҕорум үөрүөҕэ,

Ыраах да сырыттар бу баардыы көрөбүн,

Доҕорум кыайыаҕа, доҕорум кэлиэҕэ.

 

1942 с., кулун тутар

 

 

*Оччоҕо*

 

Туойуоҕуҥ сарсыҥҥы күммүтүн

Дьулуурдаах хардыыны кэҥэтэн,

Күн сирин көҥүлүн, күндүтүн

Көмүскүүр күүспүтүн чиҥэтэн!

Кыайыыттан, доҕоттоор, кыайыыттан

Кылбааран тахсыаҕа ол күммүт,

Өстөөҕү кыайбыттар мунньустан

Үөрүүнэн оччоҕо көрсүөхпүт.

Оччоҕо, доҕоттор, оччоҕо

Уруу-хаан уруйдуу түмсүһүө,

Күн ахсын көһүппүт кыыс оҕо

Көҕөрөр биэрэккэ көрсүһүө.

Оччоҕо, доҕоттор, оччоҕо

Уруйдаах ыһыахпыт тэриллиэ,

Сибэкки симэхтээх хочоҕо

Сиэттиһэн, сэлэлээн киириллиэ.

Оччоҕо, доҕоттор, оччоҕо

Оһуордаах чороонтон иһиллиэ,

Көрсүһүү тойугар-номоҕор

Көмүстээх тыллары этиллиэ.

Оччоҕо, доҕоттор, оччоҕо

Уолугар Ийэ сир махтаныа,

Сайдыылаах, илгэлээх олоҕо

Самныбат саргытын салҕаныа.

Ол иһэр дьоллоох күн сырдыга

Охсуһуу уотугар ыҥыртыыр,

Кыргыһар дьыалабыт кырдьыга

Кыайыыттан кыайыыга кынаттыыр.

Туойуоҕуҥ сарсыҥҥы күммүтүн

Дьулуурдаах хардыыны кэҥэтэн,

Күн сирин көҥүлүн, күндүтүн

Көмүскүүр күүспүтүн чиҥэтэн.

 

1943с., сэтинньи.

 

 

*Олох иһин охсуһууга*

 

Сүппэт кэрэ бэлиэни

Сүрэхтэргэ иҥэрбит

Ааспыт үтүө кэминэн

Ахтар, саныыр кэмнэрбит…

Билэр, саныыр инигин

Били, саҥа таас дьиэни,

Арыы хатыҥ күлүгэр

Ааһар чуумпу киэһэни?

Мантан бүгүн үүрдүбүт

Фашист хааннаах сэриитин,

Илэ-чахчы көрдүбүт

Эһэн, уоттаах иһиитин.

Ойуур хатыҥ быыһыгар

Уота-күөһэ сандаарбыт

Хаарыан дьиэбит оннугар

Хара буруо, күл хаалбыт.

Туоһу буолан хороҕор

Турба ордон тураахтыыр.

Сэймэктэммит кыыс оҕо

Сиргэ умса сытаахтыыр.

Хампа күөҕүм, сибэкким

Хагдарыйан билигин

Онно аны көрбөккүн

Отум-маһым силигин…

Маннык өлүк, туох орпут

«Фашистары кыргыҥ!»-диир.

«Ийэ сирбит, олохпут

Иһин маны иэстэс!»-диир.

Бары маны иэстэһэн

Фашистары кыргыахпыт,

Олох, көҥүл, дьол иһин

Охсуһууга кыайыахпыт!

 

1942с., балаҕан ыйын 12 күнэ.

 

*Саллаат суруктара*

(быһа тардыы)

 

Берлин куораты ылсыбыт,

Ветеран диэн ааттанар чиэстэммит,

Биэс уоннаах, биэс уонтан тахсыбыт,

Билигин бэйэтэ сиэннэммит.

Мин саастыы көлүөнэм уот сэрии

Ыардарын санныгар сүкпүтэ,

Дьон киэнин ньургунун сүтэрии

Күлүмэх күннэрин көрбүтэ.

Тыыннарын төһөлөөх ньургун дьон

Биэртэрэй Ийэ сир туһугар,

Төһөлөөх дьон соххор-доҕолоҥ

Буолтарай ол сэрии уотугар!

Төһөлөөх киһи кур баастара

Бүгүн да муҥнуура буолуоҕай,

Сарбыллан эрдэҕэ саастара,

Ол ону ама ким умнуоҕай?!

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *