Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларыгар саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, ырыаһыт, фольклору хомуйааччы, учуонай, чинчийээччи Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах тэрээһин балаһыанньата.
Буолар сирэ: Таатта улууһа, Уолба сэлиэнньэтэ
Буолар күнэ, дьыла: Алтынньы 14 күнэ 2024 сыл
Тэрийээччилэр: Игнатий Слепцов аатынан норуот айымньытын киинэ, Уолба орто оскуолата, М.И.Кузьмин-Макар Хара аатынан модельнай библиотека.
Сыала-соруга:
- Саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, ырыаһыт, фольклорист, учуонай — чинчийээччи Андросова-Ионова Мария Николаевна олоҕун, айар үлэтин сырдатыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыы, билиһиннэрии;
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын ураты көрүҥнэрин олоҕурбут ньыманан толорууну өйөөһүн, салҕыы сайыннарыы;
- Толоруу маастарыстыбатын үрдэтии, саҥа талааннары арыйыы, олоҥхону толоруу ис — тас кэрэтин кэрэхсэтии;
- Дьахтар айылҕаттан айдарыылаах бары өттүнэн дэгиттэр талаанын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии.
Тэрээһин ирдэбилэ:
- “Олоҥхоһут кыыс”
Уһуйаан уонна оскуола саастаах кыргыттарга олоҥхону биирдиилээн толорууга күрэс. (Сыһыарыы)
- Кыраайы үөрэтэр ааҕыылар.
Ирдэбилэ: Ааҕыы 3 бөлөҕүнэн арахсан үлэлиир: 5-8 кылаас, 9-11 кылаас оҕолоро уонна улахан дьон кыттыыны ылаллар. Кыттааччы үлэтин кумааҕыга бэчээттэммитин тустаах секция экспертнэй хамыыһыйатыгар туттарар, ону тэҥэ презентационнай матырыйаал оҥорон көмүскүүр. Хас биирдии секцияҕа тус – туспа экспертнэй хамыыһыйа үлэлиир. Тэрийээччилэр видеопроекторынан, экранынан хааччыйаллар.
Ааҕыы секциялара:
1) “Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк оҥостубуттара” (М. Н. Андросова-Ионова дьиэ кэргэн бигэ туруктаныытыгар суруйбут үлэлэрин ырытыы);
2) “Улуу үлэһит, күндү ийэ М. Н. Андросова-Ионова”(дьиэ кэргэҥҥэ ийэ оруолун туһунан);
3)”Күүстээх тапталлаах кэргэн, бастыҥ аҕа…” (В. М. Ионов холобуругар дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун туһунан сырдатыы, ырытыы);
4) М. Н. Андросова-Ионова фольклорга үлэлэлэрэ.
- 3. “Өй оонньуута”.
Мария Николаевна Андросова – Ионова олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах оонньууга нэһилиэк аайыттан 4 кыттааччылаах хамаанда ирдэнэр (оскуола оҕото — 1кыттааччы, ыччат — 1 кыттааччы, 36 сааһыттан үөһэ саастаах — 1 кыттааччы, нэһилиэк, биитэр оскуола библиотекара — 1).
- Тэрээһин уопсай ирдэбилэ: Кыттааччылар сайаапканы алтынньы 11 күнүгэр диэри түһэрэллэр. Кыттыы иһин хас биирдии кыттааччы 300 солк. төлүүр. Тэрийээччи тэрээһин боппуруоска уларытыыны киллэриэн сөп. Кэлии-барыы, аһылык ороскуотун кыттааччылар бэйэлэрэ уйуналлар.
- Дресс-код: Хас биирдии кыттааччы сахалыы таҥастаах буолара ирдэнэр.
- Наҕараадалааһын: Хас биирдии түһүмэҕинэн 1, 2, 3 миэстэлэр, анал ааттар ананаллар, нэһилиэктэринэн уопсай түмүк тахсар.
- Билсэр аадырыскыт: Таатта улууһа, Уолба сэл., 89679138762, 89243605962- Боппосова Анна Петровна, 89248789905- Рахлеева Екатерина Юлиевна, 89963154019- Егоров Леонид Арсентьевич, 89245628209- Семенова Виктория Александровна
Программата:
09-00 ч.- М.Н. Андросова-Ионова олорон ааспыт алааһыгар сылдьыы, сүгүрүйүү.
09-30 ч. – Тэрээһин кыттыылаахтарын көрсүү, бэлиэтээһин
10-00 ч. — Саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, ырыаһыт, фольклорист, учуонай — чинчийээччи Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһин арыллыыта.
11-00 “Олоҥхоһут кыыс” уһуйаан, оскуола саастаах кыргыттарга олоҥхону биирдиилээн толоруу күрэһэ (буолар сирэ И.Слепцов аатынан норуот айымньытын киинэ)
11-00 ч.- Кыраайы үөрэтэр ааҕыылар (Уолба орто оскуолата)
13-00 ч- 14-00 ч. – Эбиэт
15-00 ч. – “Өй оонньуута”
17-00 ч.- Наҕараадалааһын