М. Н. Андросова-Ионова үбүлүөйүнэй сылыгар анаан ыытыллар «Өй оонньуутун» күөн күрэһин балаһыанньата»

Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл  сылларыгар саха дьахталларыттан биир бастакы үөрэхтээх, фольклору хомуйааччы, олоҥхоһут, учуонай, биир дойдулаахпыт М.Н.Андросова – Ионоваҕа төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах улуустааҕы “Өй оонньуутун”

 

Балаһыанньата

 

 

Ыытыллар күнэ: Алтынньы 14 күнэ, 2024 с.

Буолар сирэ: Таатта улууһа, Уолба сэлиэнньэтэ

Тэрийээччи: Уолба орто оскуолата, И.Слепцов аатынан норуот айымньытын киинэ, Макар Хара аатынан Уолба модельнай библиотеката.

Сыала:  улуус олохтоохторугар М. Н. Андросова-Ионова олоҕун, үлэлэрин туһунан дириҥ өйдөбүл хааларын ситиһии. Команданан үлэ ньымаларыгар кэнчээри ыччаты уһуйуу.

 

Кыттааччылар:

1 кыттааччы – оскуола саастаах оҕо

2 кыттааччы – ыччат саастаах

3 кыттааччы – 36 сааһыттан үөһэ саастаах

4 кыттааччы – нэһилиэк, биитэр оскуола библиотекара

 

Кыттыы бэрээдэгэ:

 

  • Нэһилиэктэн балаһыанньаҕа олоҕуран команда тэринэн кэлэн кытталлар;
  • Оонньуу 6 түһүмэхтэн турар;
  • Оонньуу сорудахтара, ыйытыылара М. Н. Андросова-Ионоваҕа сыһыаннаах буолаллар;
  • Түһүмэҕи ыытааччы оонньууга эппиэттииргэ ирдэбиллэри уонна сыаналааһын хайдах ыытылларын миэстэтигэр билиһиннэрэр;
  • Түмүккэ саамай элбэх баал ылбыт хамаанда бастыҥынан ааттанар.

 

Түмүк тахсыыта:

Кыайыылаах хамаанда грамотанан, бэлэҕинэн, 2, 3 миэстэлээхтэр бэлэҕинэн  наҕараадаланар, анал ааттар туттарыллаллар.

Тэрээһин уопсай ирдэбилэ: Кыттааччылар сайаапканы алтынньы 11 күнүгэр диэри түһэрэллэр. Тэрийээччи тэрээһин боппуруоска уларытыыны киллэриэн сөп.  Кэлии-барыы, аһылык ороскуотун кыттааччылар бэйэлэрэ уйуналлар.

 

Билсэр телефоҥҥут: 892048789905 Екатерина Юлиевна Рахлеева.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *