Алтынньы 14 күнэ-М. Н. Андросова-Ионова төрөөбүт күнэ

Бүгүн биир дойдулаахпыт М. Н. Андросова-Ионова төрөөбүт күнэ. Кини кэргэнинээн Всеволод Михайлович Ионовтыын олорбут өтөхтөрүгэр дойдутун дьоно сүгүрүйдүлэр.

 

Салгыы сигэлэринэн кини олоҕун,үлэлэрин туһунан билсиҥ:

  1. Кинигэлэрин Таатта улууһун киин библиотекатын сайтыгар бу сигэнэн билсиҥ:
    📙 *Андросова-Ионова, М. Н. Олоҥхолор, ырыалар, этнографическай бэлиэтээһиннэр, ыстатыйалар* https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/74/folklor/51/olo-kholor-yryalar-etnograficheskaj-belietee-inner-ystatyjalar?tab=getmybooksTab&is_show_data=1
    📙 *Дьуонап хотуна Маарыйа Ньукулаайабына оҕуруот аһын үүннэриитэ* https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/95/stati/1164/duonap-khotuna-maaryja-nukulaajabyna-o-uruot-a-yn-nneriite?tab=getmybooksTab&is_show_data=1
  2. Республикабыт “Тэтим” радиотыгар тахсыбыт биэриини бу манна иһит:
  3. “Чолбон” сурунаалга тахсыбыт матырыйаал:
    _Мария Андросова-Ионова сырдык аатын билигин кини духуобунай нэһилиэстибэтэ уонна икки кыыһын хаан удьуордара ааттаталлар. Ааҕааччыга кини «Саха норуотун айымньыта» диэн 1942 сыллаахха Г.М. Васильев, Х.И. Константинов, В.Н. Чемезов редакциялаабыт хомуурунньуктарыгар киирбит «Аан дойду айыллыбыт ырыата» уонна 1923 сыллаахха бэчээттэммит «Ааҕар кинигэҕэ» тахсыбыт «Аан дойду айыллыбыт ырыата» уонна  «Дьыл кэлиитин ырыата» айымньыларын билиһиннэрэбит._
  4. Нуучча Географическай обществотын Саха сиринээҕи салаатын сайтыгар тахсыбыт матырыйаал:
    *1864 сыл алтынньы 14 күнүгэр* саха дьахталларыттан бастакынан айар-литературнай уонна научнай-чинчийэр үлэҕэ сыстыбыт,  төрөөбүт норуотун этнографиятын, фольклорун, итэҕэлин билээччи уонна хомуйааччы быһыытынан биллэр *Мария Николаевна Андросова-Ионова  күн сирин көрбүтэ*. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, эһэтигэр иитиллибитэ. Өймөкөөн биллэр атыыһыта *Н.О. Кривошапкиҥҥа* үс төгүл таас хайалары, уулаах үрүйэлэри, үрэхтэри, улахан бадарааннары туораан, бырдах оҥоойу ортотунан, суолун биир өртүн, табылыннаҕына, биир ый устатыгар айаннаан, таһаҕас таһыытыгар сылдьыспыт…
    Маннык бөҕө санаатын, эрчимнээх быһыытын бэлиэтээн, биир дойдулаахтара кинини *«Бөҕө Маарыйа»* диир буолаллара…
    Сиһилии *Анна Петровна Боппосова* материалыгар аа5ыҥ: https://pvs-rgo.ru/2024/10/14/b%d3%a9%d2%95%d3%a9-maaryja-mariya-nikolaevna-androsova-ionova/

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *