М. Н. Андросова-Ионова аатынан кыраайы үөрэтэр ааҕыылар түмүктэрэ

Быйылгы 2024 сылга биһиги биир дойдулаахпыт саха былыргы олоҕун чинчийээччи, Нуучча Географическай обществотын көмүс мэтээлин кавалера Мария Николаевна Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн кыраайы үөрэтэр ааҕыылар ыытылыннылар. Тэрээһин кэтэхтэн буолла. Дакылааттары көрүү балаһыанньатын быһыытынан, түөрт секциянан үлэлэри туттубут. Ол курдук, уопсайа 9 үлэ киирдэ: 6 оскуола оҕото уонна 3 улахан дьон. Оскуола оҕолоругар “Улуу үлэһит, күндү ийэ М. Н. Андросова-Ионова” секцияҕа бастакы миэстэни Уолба орто оскуолатыттан Кусатова Туйаара “Аҥардас оҕуруот аһа киһи организмыгар энергияны биэрэр дуо?” диэн дакылаатынан ылла, салайааччы Кусатова О. И. Иккис миэстэҕэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 6 кылааһын үөрэнээччитэ Атасыков Петя “Биһиги дьиэ кэргэммитин тутран олорор далбар хотуттарбыт” тематынан таҕыста, салайааччы Кривошапкина В.С., Макарова В. В. “Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк оҥостубуттара” диэн ааттаах секцияҕа орто сүһүөх кылаастарга (5-8 кыл.) 1 миэстэни Игидэй орто оскуолатыттан Матаннанова Аайа, Иванова Оля “Илиинэн оҥоһуллубут биир кинигэ туһунан чинчийии” үлэлэринэн, салайааччылар Попова Г. С., Бойтунова А. В. буоллулар. Иккис миэстэҕэ Игидэй орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ Ордахова Юлиана, Васильева Сардаана “Дьиэрэҥнээх туһунан үһүйээннэр” үлэлэринэн таҕыстылар, салайааччылар Попова Г. С., Бойтунова А. В. Бу секцияҕа улахан кылаас оҕолорун ортотугар 1 миэстэҕэ Игидэй орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Бурмистрова Галя “Первый буварь на якутском языке” үлэтинэн таҕыста, салайааччылар  Попова Г. С., Бойтунова А. В. Иккис миэстэҕэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 10 кылааһын үөрэнээччитэ Федорова Эмилия “Удьуордааһын үтүө холобура” үлэтинэн таҕыста, салайааччы Кривошапкина В. С.

Улахан дьоҥҥо уопсайа үс үлэ киирдэ. Ол курдук, Уолба орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын учууталлара В. П. Рахлеева “Айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут М. Н. Андросова-Ионова” үлэтэ бастыҥынан ааттанна, иккискэ Уолбатааҕы модельнай библиотека үлэһитэ Е. Ю. Рахлеева “В. М. Ионов “К вопросу о скотоводстве у якутов Якутской области” үлэтин ааҕан баран санааларым”  үлэтинэн, үһүскэ Уолба орто оскуолатын саха тылын учуутала А. П. Боппосова “М. Н. Андросова-Ионова “Үүт Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара” олоҥхотун ырытан көрдөххө” үлэтинэн таҕыстылар.

Мария Николаевна уонна Всеволод Михайлович Ионовтар саха дьонугар оҥорон хаалларбыт үтүөлэрин кэнчээри ыччат умнубакка, бу курдук кыраайы үөрэтэр ааҕыыларга билэ-көрө турарыгар үлэһэр салайааччыларбытыгар, төрөппүттэргэ махталбытын тиэрдэбит, инники да таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *