Архив рубрики: Без рубрики

Библионочь-2024

Ыам ыйын 15 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Библионочь-2024 тэрээһин буолан ааста. Бу күн нэһилиэкпит олохтоохторугар анаан үбүлөүйдээх кинигэлэринэн оонньуу-выставка, сканворду таайалларын таптааччыларга анаан “Бой сканвордистов”, А. С. Пушкин “Капитанская дочка” айымньытын мүнүүтэҕэ түргэнник ааҕааччыларга анаан “Чи-Таймер” күрэхтэр,  маны таһынан “Таатта суруйар эйгэтин Далбар хотуттара” диэн Тааттаттан төрүттээх суруйар эйгэлээх дьахталлар хоһоонорун ааҕыыга аһаҕас микрофон үлэлээтэ. Туһалаах сатабылга… Читать далее »

«Мы о войне стихами говорим» бүтүн Россиятааҕы акцияҕа көхтөөхтүк кыттыҥ!

Бу күннэргэ дойдубут үрдүнэн ыытылла турар «Мы о войне стихами говорим» акцияҕа биир дойдулаахпыт буойун-поэт, суруналыыс, тылбаасчыт Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара хоһооннорун ааҕан кыттыыны ылыҥ диэн ыҥырабыт.   *Кыталык*   Кыраман ыраах дойдуттан Кылбаҥ маҥан кыталык Кыырай халлаан кырсынан Кырыйа көтөн кэлбитэ. Кыргыс хааннаах хонуутун Кытыытынан эргийэн, Кыҥкыр-лыҥкыр саҥаран Кылбалдьыйа көппүтэ. Өлгөм үрүҥ илгэнэн Үллэ… Читать далее »

Биир дойдулаахпыт буойун-поэт М. И. Кузьмин-Макар Хара

2015 сыллаахха Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара төрөөбүтэ 100 сылын нэһилиэкпитигэр, улууспутугар, республикаҕа киэҥник бэлиэтээбиппит. Тэрээһиннэр түгэннэрин бу сигэни баттаан киирэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт Макар Хара Айар тыл алгыстаах аартыгынан     

стихотворения о дружбе А. С. Пушкина

«Дружба — это крепкий и надежный союз» Александр Сергеевич Пушкин всегда с трепетом относился к дружбе. Друзья Пушкина были для поэта очень важны. В новой подборке мы предлагаем вашему вниманию стихотворения посвященные друзьям. 1. Мы рождены, мой брат названый 2. К Чаадаеву 3. Разлука (Кюхельбекеру) 4. Пущину 5. Богами вам ещё даны 6. 19 октября… Читать далее »

«Чолбон: өй күрэһэ»

👧🏻👩🏻👩🏻🦳 Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ» сүүмэрдиир интеллектуальнай оонньууга ийэм, эбэм буолан кытынныбыт. Көлүөнэни ситимниир өркөн өй күрэһэ ыытылынна ✍🏻 *Ангелина Данилова, X кылаас,* Уолба орто оскуолата, Таатта.

Хоһоон конкурсун түмүгэ

2024 сылга нуучча улуу суруйааччыта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын бэлиэтиибит. Бу бэлиэ сылга В. И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, М. И. Кузьмин-Макаар Хара аатынан олохтоох модельнай библиотека, «Дьэҥкир Алып» литературнай түмсүү көҕүлээһиннэринэн “Уолба Пушкины ааҕар” бырайыак үлэлии турар. Бырайыак иитинэн оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах “И долго буду тем любезен я народу,… Читать далее »

«Түмсүү-төлкө төрдө» улуустааҕы фестиваль

2023 сыллаахха саха норуотун чулуу уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын чэрчитинэн улууспут нэһилиэктэрин икки ардыларыгар уус-уран самодеятельноһы көрүү фестиваль балаһыанньата тахсыбыта. Сыл бүтүүтэ, кэккэ биричиинэлэринэн, фестивальбыт буолар күнэ-дьыла көһөн, 2024 сыл олунньу ыйыгар улууспут бары нэһилиэктэрин хабан ыытылла турар. Бүгүн, олунньу 16 күнүгэр биһиги Уолбабытыгар күнүс 2 чаастан Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах… Читать далее »

Пушкин о Родине

Александр Пушкин: «Я далеко не восторгаюсь всем, что вижу вокруг себя; но клянусь честью, что ни за что на свете я не хотел бы переменить отечество или иметь другую историю, кроме истории наших предков, такой, какой нам Бог её дал» Ребята, предлагаем вашему вниманию рекомендательный список произведений Александра Сергеевича Пушкина о Родине: Деревня  Когда за… Читать далее »

«Уолба Пушкины ааҕар» бырайыак бастакы түһүмэҕин түмүктэрэ

Ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар нэһилиэкпитигэр «Уолба Пушкины ааҕар» бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Бастакы түһүмэххэ үөрэнээччилэр А. С. Пушкин остуоруйаларын ааҕар сорудахтаах этилэр. Ыйы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ оҕолор аахпыт остуоруйаларын ис хоһоонунан викторинаҕа илин-кэлин түһүстүлэр. Алын сүһүөх үөрэнээччилэргэ остуоруйаларга бастыҥ билиилээҕинэн 4 кылаас үөрэнээччилэрэ Кусатова Туйаара, Данилова Диана, Боппосов Сахайаан буоллулар. Улахан кылаас оҕолоругар саамай элбэх остуоруйаны ааҕан,… Читать далее »